X-PDF

Сценарий к празднику Букваря на родном якутском языке (1 класс)

Поделиться статьей

Букубаарыбүтэрдим – ааҕыы аанын арыйдым! бырайыак хаамыыта.

Сыала:үөрэнээччигэ ааҕар буолбут таһымын бэлиэтэтиир кылаас чааһын тэрийии. А.Е.Кулаковскай – Өскөкүлээх Өлөксөй Сайын кэлиитэ саха литэрэтиирэтинтөрүттээччи буоларын биллэрии. Доргуччу ааҕар ньыманы сайыннарыы.

Соруктара:

1)А.Е.Кулаковскай – Өскөкүлээх Өлөксөй Сайын кэлиитэ айымньытыттанЫһыах хоһоонунан  сахалыы алпабыыт буукубаларынан  сааһылаан монтажсценарийын таҥан оҥоруу.(эпп:Егорова А.М)

2)Төрөппүт оҕотун кытта эрдэттэн дьиэ кэргэн букубаарын оҥорор барылын төрөппүтмунньаҕар билиһиннэрии. Уруок аайы дьиэҕэ сорудах биэрэн толотторуу. (эпп:Егорова А.М, Егорова Л.Л) Сорудах киэбэ сыһыарыыга баар.

3)Үҥкүү дьарыгар оһуор үҥкүүтүн туруоран үөрэтии — флешмоб. Эрэкэ – дьэрэкэүҥкүүнү туруоруу ( эпп: Павлова С.Ф )

4)Ийэлэрикыттаа сахалыы алпабыыты кыбытык ньыматынан панно тигии. Хас биирдии ийэ биирбукубаны трафаретынан түһэрэн мулине сабынан вышивкалыыр. Паннону күрүөлээнхолбуур Необутова А.П – норуот маастара.

5)Алгысчыт – Оконешников Н.Н (эһэбит) А.Е. Кулаковскай Оттоку олукалгыһаайымньынан бэлэмнэнэр.

6)Көр – нар, ыһыах оонньууларын түһүлгэлэринэн тэрийэн ыыталлар: таабырыннар –Егорова Л.Л, өс хоһооннору ситэрии – Егорова А.М, мас тардыһыыта – Колосов И.В(масрестлинг инструктора), үс төгүл үс — 1а кылаас аҕалара, ойбонтонуулааһын – 1 б кылаас аҕалара.

7)Хомуһунан дьарыктаныы, ыраастаныы, тылы эрчийии – эпп Егорова а.М. (күн аайы)

8)Фото, видео – Егоров Д.П уонна төрөппүттэр.

Кылаасчаас сценарийа.

Туттартэриллэр: төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ оҥорбутбукубаардарын быыстапката (ыһыах темалаах), сахалыы алпабыыт — кыбытыкньыматынан тигиллибит саахымат панно, А.Е. Кулаковскай мэтириэтэ, оҕолортөбөлөрүгэр кэтэр буукубалар.

Кыттааччылар:1 — кы «а» уонна «б» кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, оскуолаадминистрацията, олохтоох медиатека үлэһиттэрэ Колосова Н.И, Сазонова М.И,оскуола библиотекардара Бочкарева Г.В, Дьячковская А.И, Чуораанчык- төрөппүт, кылаассалайааччылара Егорова А.М, Егорова Л.Л, уруогу таһынан дьарыктыыр педагогтарПавлова С.Ф (үҥкүү) уонна оскуола ТВ студията – Колосова Ю.Е, масрестлингинструктора – Колосов И.В .

Киэргэтии:сурук Букубаары бүтэрдим – ааҕыы аанын арыйдым! эпп төрөппүттэр: ФлегонтоваА.А, Оконешникова М.Д.

Тэрээһинхаамыыта. 1 чааһа

Тэрээһин ис хоһооно

Техническай көмө, эбиилэр.

1

— Үтүө — мааны күнүнэн, күндү оҕолор, ытыктабыллаах төрөппүттэр, үөрүүлээх тэрээһиммитин бииргэ бэлэмнэспит уһуйааччылар, учууталлар, ыҥырыылаах ыалдьыттар.

Хохуоралаах тыллаах

Хоҥкунас тыастаах,

Хомус барахсан тыаһынан сыанаҕа эҕэрдэлии таҕыстылар  бастакы А уонна Б кылаас үөрэнээччилэрэ.

 

Хомус ансаамбыла. Вариацияны толоруу

Күөрэгэйдэтии

Биэ – биэ- биэ

Буо – буо – буо

Быа – быа – быа

Ио –ио – йо – йо-йо 3 төгүл.

Һыт- тыа, күммүт тыкпыт

Һыт- тыа, сайын кэлбит.

Һыт – тыа, куйаас түспүт.

Һыт – тыа, сайын кэлбит.

Оҕо – оҕо эрдэххэ оонньоомохтон хаалыаҕыҥ,

Эдэр сэнэх эрдэххэ этэн – тыынан биэриэҕиҥ!

2

 Эрэкэ – дьэрэкэ дьиэрэҥкэйдээх үҥкүүнү киллэрии. Биллэриитэ суох музыканан саҕаланар. Үҥкүү кэмигэр ааҕыллар тыллар:

Ийэ киэли сир

Илийэрин кытта,

Илэ – бодо тиллэн

Имириһэн кэллилэр.

     Үрүҥ айыы үөскэппит,

     Үксүн өйдөөх үтүөтэ

     Өтөрү өйдүөбэтэх

     Үөн – көйүүр

     Үллэҥнэс буолла.

Кыраҕы харах

Кыайан аахпатах

Кыамаайы бырдах

Кыймаҥнас буолла.

    Кийиит дьахталлар  

    Киэргэл симэхтэрин кэтэн

    Кэҕиһэ иһэллэрин курдук,

    Кэрэ дьикти сибэккилэр

    Кэмэ суох кэчигирэстилэр.

От быыһынан обугунаспыт уолаттар

Сибэкки быыһынан сибигинэспит кыргыттар

Дьэрэкээннээх этэрбэстээх

Дьиэрэҥкэйдэһэн биэрдилэр.

Үҥкүү 2 мүн. Тэтимнээх фонограмма холбонор.

Үҥкүүһүт оҕолор илиилэригэр үрүмэччи, хомурдуос – үөн – көйүүр арааһын транспоран оҥостоллор. Тута сылдьан үҥкүүнү толороллор.

 

2чааһа. Монтаж. А.Е. Кулаковскай Ыһыах айымньытынан.

Ис хоһооно

Ааҕар оҕо аата

Ыытааччы

— Букубаары ааҕан бүтэрдигит, ааҕыы артыгын арыйдыгыт. Саха литэрэтиирэтин ааҕар кыахтанныбыт. Ааҕыы аартыгын арыйар  тэрээһиммитин А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй Ыһыах диэн айымньытынан саҕалыахпытын баҕарабыт. 

 

1- С

Саха киһи барахсан

Саахала ааһан,

Саргыта салаллан,

Санаата көнөн

 

2 — А

Үрүҥ күнү көрдөрбүт

Үрүҥ Аар тойону өйдүөтэ

Аана дайдыны харахтаппыт

Айыы тойону санаата.

 

3 — У

Улуу тунах саҕына

Туҥуй ыһыаҕынан туомнанна,

 

4 — Э

Эҕэрдэ элбиирин саҕына

Эбир ыһыаҕын элбэттэ.

 

5 — Д

 

Кэлэскил кэҥиирин саҕына

Дэлэй ыһыаҕын дэбилиттэ.

 

6 — К

Кийиит дьахталлар

Киэргэнэн симэнэн баран

Кэккэлэһэ туралларын курдук

Кэтит чэчири

Кэчигирэччи астылар.

 

7 — Т

Туйгун күөх хонуу

Тускулаах түһүлгэтигэр

Тоҕус томторҕолоох

Тойон сэргэни томтоттулар.

 

8 — Р

Сэттэ эрбэхтээх

Силик сэргэни сириэдиттилэр

 

9 — Иэ

Симэхтээх сири иһиттэри

Сиэллээх ситии быанан

Сиэттиһиннэри ситимнии ыйаатылар.

 

10 — Л

Лочугурас ойуулаах

Уһаа айаҕы

Уустуктаан субуруттулар.

 

11 — М

Мааччах иһити

Бааралаан таттылар.

Симэхтээх симииртэн

Кымыс маанылаатылар.

 

12 — Уо

Уохтаах кымыһы

Ойуулаах удьаанан

Уһаа айах аайы куттулар.

 

 

13 — Үө

 

 Көйөргө кымыһы

Көҕүөр – көҕүөр аайы куттулар,

 

 

14 — Ч

Чороон – чорохой аайы толордулар

Мааччах аайы бааҕынаттылар.

 

 

15 — Һ

Алгыстаах алаас сыһыыга

Айхаллаах түһүлгэҕэ

Ыһыах аһын таттылар.

 

16 — Ыа

Ыам бырдаҕын курдук,

Ыччат – билэ дьон

Ыҥырыыны истэн

Ыһыахха ыһылла түстүлэр.

 

17 — Н

Представленная информация была полезной?
ДА
59.47%
НЕТ
40.53%
Проголосовало: 1204

Нэһилиэк – нэһилиэк

Бэттэрэ кэллилэр

Улаханныын – оччугуйдуун

Эдэрдиин – эмэнниин,

Соххордуун – доҕолоҥнуун

Оппокко муһуннулар.

 

18 — П

Өйдөөх үтүөлэрэ

Үс сахаҕа

Өйдөөх кэпсээннэринэн

Өй эптилэр,

Сэргэхсиппит сэһэннэннилэр.

 

 

19 — Ы

Ыралаах тыллаах

Ырыаһыт идэлээх

Ытык кырдьаҕас

Алгыс анаата,

Айыылартан ааттаста.

 

20 — И

Кэтит кэскилбит

Дэлэйбитин туһугар

Эҕэрдэни ииттэ.

 

 

Алгысчыт.

Нуучча ньургунун кытта

Туруулаһар доҕор буол,

Саха талыытын кытта

Самдайдаһар атас буол,

Үрдүк үөрэхтээхтэри кытта

Тэҥнэһэн сэргэстэс,

Албастаах санаалаах

Алыс хаайбатын,

Кубулҕаттаах толкуйдаах

Олус хотуппатын

Үгүс үөрүүлээх күннэниҥ,

Уһун уруйдаах олохтонуҥ,

Салпат саргылаах саастаныҥ!

УРУЙ, УРУЙ, УРУЙ!

Нууччаттан киирбит буукубалар киирэн тураллар.

21 — О

Онтон –

Орто дойду иччилэрин

Туһунан туойда

 

22 — Х

Хаан – Чаҕаан

Хатан – Тэбиэрийэ,

Хахай – Саҕынньах,

Алтан – Баһырҕас,

Аан – Уххан тойоҥҥо

Айах тутта.

 

23 — А

Аан дайды иччитэ

 Намыл – Күөгэй

Хотун- Нуоҕай

Араан – Аччы,

Аан – Алахчын хатыҥҥа

Айах тутта.

 

 

24 — Б

Баай хара тыа иччитэ

Бардам – Тутуу,

Барылы Кэскил,

Баай Барылаах тойоҥҥо

Бары инилэри маанылаата.

 

25 — Нь

Ньамах таҥастаах

Күөх Боллох тойоҥҥо күндүлээтэ

 

26 — Дь

Дьиэ иччитэ

Дьэрбэ – Бахсы хатыны чиэстээтэ,

 

27 — Ҥ

Хотон иччитэ

Хаҥха – Ньаҥха хатыны аһатта.

 

28 — О

От – мас иччилэрэ,

От аннынао обугунаспыт,

Сэбирдэх аннынан сибигинэспит

Эрэкэ – Дьэрэкэ иккигэ иһэттэ.

 

 

29 — Ү

Үүт маҕан сиэллээх

Үс сиринэн баһардаах

Үрүҥ айыы эбир хамыйаҕынан

Үтүө түһүлгэни төгүрүччү,

Үрүҥ күн ыһыаҕа диэн

Үстэ ыстылар…

 

30 — Ө

Күн көстүбүт үөрүүтүгэр,

Үтүө үрэх

Өрөгөйдөөх өрөҕөтүгэр

Үтүөлүүн – мөкүлүүн

Күрүөххэ көрү көрдөрдүлэр!

 

31 — Г

Оойнууга – көргө

Оҕолорго, оҕонньотторго,

Аймахтарга – урууларга,

Уруй тойугун — туойдулар!

 

32 — Ҕ

Дьэ мантан ыла

Малааһын мааныта барҕарда,

Оойнуу улахана турда,

Ыһыах ыралааҕа ыһылынна

 

 

Оһуор үҥкүүтэ – флешмоб. Оҕолор, учууталлар, ыалдьыттар бары толороллор.

Павлова С.Ф  — музыка оһуор үҥкүүтэ.

3 чааһа — эҕэрдэ тыл.

1.Оҕолорбутун уонна төрөппүттэри эҕэрдэлии кэллэ А.Е. Кулаковскай – ӨксөкүлээхӨлөксөй аатынан государственнай премия лауреата, төрөөбүт тыл уонналитэрэтиирэтин учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна Егорова Г.В. 

2.Билиини биэрэр кыһабыт бас-көс салайааччыта Петров В.В тылын болҕойон истэбит.

3.Ааҕааччы аатын ыламмыт аны оскуолабыт, нэһилиэк библиотекатыгар орох тэбэбитбиблиотека үлэһиттэрин кытта билсэбит. Бочкарева Г.В, Дьячковская А.И, КолосоваН.И, Сазонова М.И. (ааҕааччы быраабылаларын туттараллар, формуляр көрдөрөллөр)

4 чааһа. Түһүлгэлэринэн оонньуу,көр-нар.

1.Табырыннар (эпп Егорова Л.Л).

2.Буукубалар оонньуулар. (Болҕомтоҕо оонньуу – эппЕгорова А.М)Музыка. (Мин быйыл оҕолор, үөрэнэ барабын)

1)аһаҕас дорҕооннор буукубалара тахсыҥ, сиэттиһиҥ

2)бүтэй дорҕооннор буукубалара тахсыҥ, үөрүҥ

3)ньиргиэрдээх дорҕооннор буукубалара тахсыҥ, ыстаныҥ

4)ньиргиэрэ суох дорҕооннор буукубалара кэлиҥ, кылыйыҥ

5)төрүт сахалыы дорҕооннор буукубалара тахсыҥ, сарыннаргытыттан ылсын

6)киирии дорҕооннор буукубалара тахсыҥ, быар куустуҥ

7)дорҕоону бэлиэтээбэт буукубалар тахсыҥ, сиэттиһиҥ. 

8)пааралаһар дорҕооннор буукубалара тахсыҥ, сиэттиһиҥ.

3.Уһун суһуох күрэҕэ, кыргыттарга, ийэлэргэ (эппЕгорова Л.Л).

4.Мас тардыһыы. (Колосов И.В ыытар, масрестлингинструктора)Уолаттарга күрэх.

5.Өс хоһооннору ситэриҥ (оҕолор, төрөппүттэроонньууллар)эпп Егорова А.М

 

Түмүктыл:

Сыһыарыы.

Төрөппүтоҕотун кытта эрдэттэн дьиэ кэргэн букубаарын оҥорор барылын киэбэ. Уруок аайыдьиэҕэ сорудах биэрэн толотторуу.

Күндүтөрөппүт! Оҕолорбут буукубалары үөрэтэн баһаам ааҕар – кэпсиир буоллулар. Олгынан баран, төрүт дьарыкпыт туһунан билиилэрэ татым. Ити төрүт дьарыктан тэйэниһэрбититтэн, сүөһү иитэр ыал аҕыйаабытыттан, олох таһымын сайдыытыттан эмиэбуолуон сөп.

Буүлэ эйгэтин кэҥэтээри төрөппүттэри бииргэ үлэлиир ситимҥэ ыҥырабын. БыйылБукубаар бырааһынньыгар биһиги кылаас ЫҺЫАХ уонна сахалыы ТӨРҮТ ДЬАРЫК туһунанис хоһоонноох букубаары оҥоробут. Ол ис хоһоонун төрөппүттэр оҕолору кыттабииргэ үлэлээн (айан, уруһуйдаан, талан) оҥороҕут. Бу сорудахтары оҥороргобэйэҕит олоххутуттан билиигитин, эбэ, эһэ билиилэрин, ханнык баҕарарлитэрэтиирэни туһаныахтара диэн эрэнэбин. Оҥоро олорон хайаан даҕаны оҕоҕобыһаарар, кэпсиир, көрдөрөр ытык иэскит. Оччоҕо эрэ оҕолорбут төрөөбүт тылларындириҥэтэн билииһиктэр.

Сахатыла төрүт дьарыкпытыгар баар. Тыл суох буоллаҕына омук эмиэ сүтэр.

Ситиһиини баҕарарбын!

1.А буукубалаах ыһыахха, сахалыы төрүт дьарыкка сыһыаннаах тыллары суруй. 

___________________________________________________________________

___________________________________________________________________ 

2.Бу тыллары уруһуйдааҥ, өҥнөөҥ – дьүһүннээҥ.

3.А буукубалаах тыллардаах тыл ооньуутун толкуйдаан оноруҥ.

4.Хас тыл аайы А буукубалаах этиитэ эбэтэр кылгас кэпсээннэ суруйан холонуҥ.

_____________________________________________________________________

 


Поделиться статьей
Автор статьи
Анастасия
Анастасия
Задать вопрос
Эксперт
Представленная информация была полезной?
ДА
59.47%
НЕТ
40.53%
Проголосовало: 1204

или напишите нам прямо сейчас:

Написать в WhatsApp Написать в Telegram

ЯТТС-Рекомендации по написанию отчета по учебной и производственной практики-Гостинечное дело

Поделиться статьей

Поделиться статьейПоделиться статьей Автор статьи Анастасия Задать вопрос Эксперт Представленная информация была полезной? ДА 59.47% НЕТ 40.53% Проголосовало: 1204


Поделиться статьей

ЮУрГУ-вопросы

Поделиться статьей

Поделиться статьейПоделиться статьей Автор статьи Анастасия Задать вопрос Эксперт Представленная информация была полезной? ДА 59.47% НЕТ 40.53% Проголосовало: 1204


Поделиться статьей

ЮУГУ-Отчет_ПП-Машины непрерывного транспорта

Поделиться статьей

Поделиться статьейПоделиться статьей Автор статьи Анастасия Задать вопрос Эксперт Представленная информация была полезной? ДА 59.47% НЕТ 40.53% Проголосовало: 1204


Поделиться статьей

ЮУГУ- Курсовой проект по электронике

Поделиться статьей

Поделиться статьейПоделиться статьей Автор статьи Анастасия Задать вопрос Эксперт Представленная информация была полезной? ДА 59.47% НЕТ 40.53% Проголосовало: 1204


Поделиться статьей

ЮУГУ-ВКР-Обеспечение требований охраны труда на рабочем месте слесаря-ремонтника 5 разряда

Поделиться статьей

Поделиться статьейПоделиться статьей Автор статьи Анастасия Задать вопрос Эксперт Представленная информация была полезной? ДА 59.47% НЕТ 40.53% Проголосовало: 1204


Поделиться статьей

или напишите нам прямо сейчас:

Написать в WhatsApp Написать в Telegram
Заявка
на расчет